Чочу нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 79 сылын көрсөр үөрүүлээх митинг

Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт өрөгөйдөөх күнүн, Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду бүттүүнэ барыта ураты суолта биэрэн бэлиэтиир. Харах уулаах Кыайыы туһугар, үгүс дьонун толук биэрбит, тыылга таһаарылаах үлэтинэн инньики кирбини хааччыйсыбыт, Саха Сирэ эмиэ бу бэлиэ күнү үрдүк таһаарыылаахтык бэлиэтиир. Ол курдук Чочу нэһилиэгэр Ыам ыйын 9 күнүн, Улуу Кыайыы 79 сылын  бэлиэтээтэ. Сэрии сылларыгар биһиги нэһилиэктэн 182 киһи ыҥырыллыбыта, олортон 72 киһи эргиллэн кэлбитэ, хомойуох иһин 110 эдэр буойун  эйэлээх олох иһин күүстэрин кыахтарын харыстаабакка, сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Кыайыыны аҕалсыбыт хорсун буойуттарбытыгар, тыылга хаалан Кыайыыны уһансыбыт хоһуун дьоммутугар махталбыт мунура суох.

Бу тэрээһиҥҥэ Чочу нэһилиэгин Муниципальнай Тэриллии баһалыгын эбээһинэһин солбуйааччы Евсеева Надежда Павловна, нэһилиэк бэтэрээннэрин  ааттарыттан үлэ бэтэрээнигэр, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын бэтэрэнэЕгоров Николай Иннокентьевич, сэрии кэмин оҕото Светлана Ивановна Новикова, И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэИванов Аким эҕэрдэ тыл эттилэр. Бу кырыыстаах сэрии бүппүтэ, Улуу Кыайыы олохтоммута 79 сылын көрсөбүт, аҕа көлүөнэ эриирдээх – мускуурдаах араас историческай түгэннэрдээх олоҕуттан биир кэрдииһин – Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларын – фронт уонна тыыл кыттыылаахтарынан киэн туттан, албан ааттарыгар сүгүрүйэн туран Кыайыы памятнигар өйдөбүнньүк грилянданы, Чочу нэһилиэгин И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ уурдулар.  Үөрүүлээх митинг кэннэ киэһэ “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр бэтэрээннэрбитигэр аналлаах кэнсиэринэн түмүктээтибит.

“Өйдөбүнньүк чүмэчи”

Саха сирин саллаат уолаттара, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар, фроҥҥа арҕаа тиийэ, кыр өстөөҕү утары сомоҕото буолан, сүүһүнэн бырааттыы норуоттар, чулуу дьону кытары бииргэ осхсуппуттара. Улуу Кыайыы күнэ – Нацискай Германияны Сэбиэскэй армия уонна Сэбиэскэй норуот кыайбытын бэлиэтиир улуу күммүт. Бу күнү 1945 сыллаахха, Советскай Союз үрдүкү сэбиэтин призидиумун ыйааҕынан, ыл ахсын, Ыам ыйын 9 күнүнү Кыайыы күнүнэн бэлиэтииргэ указтаабыта. Бу тэрээһин чэрчитинэн Чочу нэһилиэгэр “Өйдөбүнньүк чүмэчи” акция буолан ааста. Акцияҕа Чочутааҕы И.М. Гоголев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара,  тэрилтэ салайааччылара, нэһилиэк олохтоохторо кыттыыны ыллылар.

         Кыайыыны уһансыбыт хоһуун дьоммутугар махталбыт муҥура суох. Өстөөҕү үлтүрүтэргэ Ийэ дойдуларын, норуоттарын, кэнэҕэски көлүөнэлэрин, алдьархайтан быыһаабыт хорсун быһыылара, сырыылара мэлдьи холобур буолуоҕа, албан ааттара эдэр ыччакка, инникитин даҕаны холобур буолан, Ийэ дойдуну муҥура суох сулус буолан ыҥыра туруохтара. Кинилэр сырдык ааттара мэлдьи ааттана туруо.

«Уруйдан үлэ киһитэ!»

Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр аналлаах "Уруйдан үлэ киһитэ!" диэн бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сопхуос саҕана үлэлээбит-хамнаабыт уонна билигин да ол үлэттэн илиилэрин араарбакка үлэлии сылдьар дьоммут -сэргэбит мустан үбүлүөйнэй бэлиэ күннээх бэтэрээн үлэһиттэрбитин сэргэ остуол оонньуутугар Саха сирин маастарын аатын ылбыт нэһилиэк киэн туттар спортсменнарын чиэстээтибит.

Ол курдук, 80 сааһын туолан аарыма кырдьаҕас аатын сүкпүт Егоров Н. И. "Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ" бэлиэни уонна 70 сааһын туолбут Калачиков Н.С. Чочу нэһилиэгин администрациятыттан Эҕэрдэ суругун, сыаналаах бэлэҕи туттулар.

Онтон биир дойдулаахтарбыт М.А.Николаева уонна И.Е. Николаев Бүлүү улууһун аатын Саха сирин остуол оонньууларын араас таһымнаах күрэхтэригэр элбэх төгүл чиэстээхтик көмүскээн успуорт Маастарын үрдүк аатын ылбыттарынан нэһилиэкпит дьаһалтатын аатыттан 15.000 суммалаах сертификатын уонна "Нэһилиэк киэн туттуута" диэн кубогы тутан, мустубут дьон истиҥ эҕэрдэтин истэн үөрдүлэр-көттүлэр.
Тэрээһиҥҥэ Н. М. Прокопьев уонна К. Н. Николаева фотоархивтарыттан элбэх интэриэһинэй хаартыскалар туһаныллан интэриэһи тартылар.Бэтэрээннэрбитигэр, спортсменнарбытыгар өссө төгүл махталы кытта, эҕэрдэни сэргэ, чөл-чэгиэн туругу, ситиһиилэри уонна дьолу-соргуну баҕарабыт!






















Чочуга “Ойор күннээх оҕо саас” фестиваль

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларын чэрчитинэн, Чочу нэһилиэгэр “Ойор күннээх оҕо саас” фестиваль буолла. Тэрээһин сарсыардаттан “Күнчээнэ” – оҕо саадын саҥа оонньуур балаһааккатын арыйыытынан саҕаланна. Нэһилиэк оҕолоро тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа оонньуур сирдэммиттэриттэн олус диэн үөрдүлэр.

         Мантан салгыы И.М.Гоголев аатынан түмэл тэлгэһэтигэр Иван Гоголев “Хара кыталык” романын геройдарыгар Хабырыыс уонна Хобороос арт – скульптураларын үөрүүлээхтик арыйдылар. Бу скульптураны саха талааннааҕа Иванов Афанасий Егорович  оҥордо. Бу тэрээһиҥҥэ Иван Дьячковскай – Кыталык Уйбаан ылдьыттаата.

Эбиэт кэннэ спорт балаһааккаҕа тэрээһиммит үөрүүлээх чааһа, оҕолор эҕэрдэ кэнсиэрэ, спортивнай оонньуулар, аттракционнар, көтөр змейдэри көтүтүү, атыы – кутуу, ”Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинин тэлгэһэтигэр оҕолорго аналлаах батут үлэлээтэ. Бырааһынньыкка кэлбит оҕолор дуоһуйа астынан, оонньоон бардылар.

Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах “Ахтылҕаннаах ааспыт кэм” нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэхтэрэ ситиһиилээхтик ааста.

Бүлүүлэр киэн туттар, саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, биллэр – көстөр уонна судаарыстыбаннай деятель Степан Максимович Аржаков бу сыл сэтинньи 9 күнүнгэр төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээн, араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар бүгүҥҥү үөрүүлээх күн тосхойдо. Бу Степан Аржаков аата манна мустубут нэһилиэктэргэ сүрдээх суолталаах диэтэхпинэ сыыһа буолбата буолуо. Чочу нэһилиэгэр 1961 сыллаахха «Сталин» колхоһу уларытан, «Степан Аржаков аатынан» колхоз тэриллибитэ. 1967 сыллаахха «Степан Аржаков аатынан» колхоз «Степан Аржаков аатынан» совхоз буолбута. Совхоз иһинэн Чочу уонна Кыадаҥда  отделениеларыгар элбэх дьоммут-сэргэбит үлэлээн-хамнаан ааспыттара. Кыадаҥда отделениета чуолаан субай сүөһүнү төлөһөтүүгэ күүстээх үлэни ыыппыта. Чочу отделениетыгар «Ампаардаах», «Кэскил», «Дэбэкэй», «Эбэ», «Куонду» фермаларыгар, эдэр ыччат комсомольскай звенолара үүтү дэлэтиигэ үлэлээбиттэрэ.Сыллар – хонуктар аасталлар да нэһилиэк олохтоохторун өйүгэр – санаатыгар хатанан хаалар кэрэ күннэр этилэр. Ол иһин бүгүн Чочу нэһилиэгэр ааспыт кэмнэри санаары, ахтаары, нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар агитбригадалар, ол эбэтэр түөрт нэһилиэк: Бөтүҥ, Өкүндү, Чинэкэ, Чочу, табаарыстыы көрсүһүүтэ Чочу нэһилиэгэр буолан ааста. Тэрээһин икки сиринэн буолла, ыалдьыттар бастаан Кыадаҥда сэлиэнньэтигэр тиийэн, „Күндэ“ сынньалаҥ киинигэр, „Нэһилиэкпит сайдыыта – бэйэбит илиибитигэр“ – диэн дьалабыай оонньууга күрэхтэстилэр. Күрэх түмүгүнэн, бастакы миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, иккис миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, үһүс миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ, төрдүс миэстэ – Чочу нэһилиэгэ буоллулар.

Ол кэннэ Чочу нэһилиэгэр „Үрүҥ Уолан“ сынньалаҥ киинигэр дэлэй астаах сандалыга олорон, үссэнэн баран киэһээҥҥи күрэхтэригэр туруннулар.  “Ахтылҕаннаах ааспыт кэм” – диэн күрэххэ күөн көрсүһэн, билсиһэн, уруккуну – хойуккуну санатыһан,  мустан көрү – нары көҕүлүттэн тутан, тэрээһин сүрдээх сэргэхтик ааста. Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, 10 000 тыһыанча сууммалаах сертификат Чочу нэһилиэгэ туруорбут бирииһин ылла, иккис миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, үһүс миэстэ – Чочу нэһилиэгэ, төрдүс миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ буоллулар. Бу күрэххэ нэһилиэктэр бэркэ бэлэмнэнэн, үрдүк таһымҥа кыттан, астынан бардылар.

Чочуга түөлбэ күрэҕэ салҕанар

Бу тэрээһин дьон өйүгэр – санаатыгар хатанан хаалар суолталаах күн буолан ааста. Биһи нэһилиэккэ сыл ахсын бастыҥтан бастыҥнары таларга, олус наадалаах күрэх диэтэхпинэ сыыһа буолбата буолуо. Ырыа – үҥкүү күнүн чэрчитинэн, түөлбэлэр икки ардыларыгар, «Ырыа – үҥкүү – Мин олоҕум»  диэн ааттаах сүрдээх үчүгэй, интэриэһинэй күрэх буолла. Бу күрэххэ кыттааччыларбыт 4 музыкальнай нүөмэр бэлэмнээн кэлэн кытыннылар. Балаһыанньа быһыытынан хас биирдии кыттар түөлбэ 2 үҥкүү, биирэ норуодунай, иккиһэ бэйэ көрүүтүгэр, 2 ырыа, бастакыта – байыаннай, иккиһэ көҥүл темаҕа талан кытыннылар. Бары бэрт көхтөөхтүк кыттан, бэйэлэригэр олус үчүгэй бырааһынньык тэриннилэр. Күрэх түмүгүнэн Бастакы миэстэ – “Байылыат”  түөлбэ, салайааччы Лыткина Мария Геннадиевна. Иккис миэстэ – “Туойдаах” түөлбэ, салайааччы Протопопова Елизавета Андриановна. Үһүс миэстэ – “Саһарҕа” түөлбэ, салайааччы Макарова Саргылана Чемпионовна. Түөлбэ слайааччыларыгар, олохтоохторугар өссө үрдүк ситиһиини баҕарыаҕыҥ.

Ыам ыйын 22 күнэ — Ньукуолун күнэ

Бүгүн биһи нэһилиэккэ Ньукуолун күнүн көрүстүбүт. Бу күн айылҕа уһуктан, от-мас көҕөрөн, көтөр-сүүрэр кэлэн, олох өрөгөйүн уруйдаан, ырыа-тойук эгэлгэтин тардар, киһи сүргэтэ көтөҕүллэн, айылҕалыын ситимэ күүһүрэр. Ол иһин биһиги сахалар сөбүлүүр аспытын аһаан, ойуурга, хонууга тахсан айылҕалыын алтыһан, ситиммитин бөҕөргөтөн, күүс-уох ылан, сири-уоту аһатабыт. Өссө биир дьылы этэҥҥэ туораан, биир хаары санныбытыгар уулларан, сааспытыгар биир сылы эбинэбит. Бу күҥҥэ күөххэ үктэммиппитин бэлиэтээн, Чочу, Кыадаҥда нэһилиэктэрин аҕам саастаахтарын ыҥыран, олохтоох дьаһалта тэлгэһэтигэр, толору астаах сандалыны тардан аһаттыбыт. Эйэҕэс эҕэрдэ тыллары олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Надежда Павловна, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэсэдээтэлэ Галина Гоголева уо.д.а эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Мустубут ыалдьыттары, ылбаҕай ырыалары ыллаан, бэйэ — бэйэлэрин кытта ирэ — хоро кэпсэтэн, көрдөөх оонньуулары оонньоон, бэлэхтэри тутан, эҕэрдэ оһуохайынан түмүктээн, үөрэн – көтөн, астынан тарҕастылар.

ТУРУГУР ҮЛЭ! ЭЙЭ! КҮӨХ МААЙ!

Ыам ыйын 1 күнүгэр – Республикаҕа биллэриллибит Үлэ күнүн бэлиэтээн, олохтоох дьаһалта баһылыга Догоюсов Петр Александрович көҕүлээһининэн, сарсыарда 10 чаастан түөлбэлэр ыраастаныы үлэтин ыыттылар, трактор уулуссалары кэрийиэн бөхтөрү свалкаҕа тиэйдэ. Маны таһынан атын күҥҥэ Кыадаҥдаҕа баран бу акцияны салгыы ыытыахтара.

Чочу нэһилиэгэр “Үҥкүү дьоро киэһэтэ”

Чочутааҕы “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр үҥкүү күнүн бэлиэтээн “Үҥкүү дьоро киэһэтэ” – эҕэрдэ кэнсиэр буолла. Дьоро киэһэни 6 үҥкүү ансамбыла кытынна. “Далбар” үҥкүү ансамбыла – салайааччы Чыларова Ия Петровна, “Дьолуо” ансамбыл – салайааччы Ермолаева Сахая Семеновна, үкүүлэри туруорда Павлова Сардаана Павловна, “Оҕо Саас” ансамбыл (улахан уонна кыра бөлөх) – салайааччы Павлова Сардаана Павловна, Кыадаҥда сэлиэнньэтиттэн “Күндэли” ансамбыл – салайааччы Рыкунова Олимпиада Семеновна, «Байалыат» эдэр ийэлэр ансамбыллара салайааччы Догоюсова Замира Кимовна, үҥкүүнү туруарга көмөлөстө Павлова Сардаана Павловна. Ансамбылларбытыгар уонна салайааччыларбытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ, махтаныаҕыҥ маннык дьоро киэһэни бэлэхтээбиттэригэр.

«Күндэлин» үҥкүү ансамбыла салайааччы Рыкунова Олимпиада Семеновна
«Оҕо саас» үҥкүү ансамбыла салайааччы Павлова Сардаана Павловна
«Дьолуо» үҥкүү ансамбыла салайааччы Ермолаева Сахая Семеновна
«Байылыат» үҥкүү ансамбыла
«Далбар» үҥкүү ансамбыла салайааччы Чыларова Ия Петровна
«Ай — лаана» ансамбыл солиһа, Республиканскай Вальс үҥкүү күрэҕин хас да төгүллээх чемпиона Егор Егорович Рожин

«Сааскы күллэринньик» көр-күлүү күрэҕэ

Муус устар 26 күнүгэр  Н.Х. Константинов аатынан Кыадаҥдатааҕы «Күндэ» сынньалаҥ киинигэр, Кыадаҥда, Чочу нэһилиэктэрин түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар «Сааскы күллэринньик» көр-күлүү күрэҕэ буолла. Чочу нэһилиэгиттэн Байылыат түөлбэ салайааччыта Лыткина Мария Геннадиевна, Саһарҕа түөлбэ – салайааччы Макарова Саргылаана Чемпионовна уонна Кыадаҥда сэлиэнньэтиттэн Күндэ уоттара –  салайааччы Иванов Валерий Михайлович, түөлбэри салайан кытыннылар. Түөлбэлэр бэйэлэрин чиэстэрин үрдүк таһымҥа көмүскээтилэр. Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ “Саһарҕа”, 2 миэстэ – “Байылыат”, 3 миэстэ – “Күндэ уоттара буоллулар. Түөлбэлэргэ баҕарыаҕыҥ өссө үрдүк ситиһиини, түмсүүлээх буолууну.

Саха Республикатын күнүн чэрчитинэн, Саха саарына, биллиилээх политическай уонна государственнай деятель, биир дойдулаахпыт Г.И.Чиряев памятнигар грилянда, тыыннаах сибэкки уурдулар.

Кыадаҥда сэлиэнньэтигэр  муус устар 26 күнүгэр, сарсыарда 10 чаастан, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх миитин буолан ааста. Саха норуота сүгүрүйэр Ытык киһитэ, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, өр кэмнэргэ республиканы уһулуччу таһаарыылаахтык салайбыт Гавриил Иосифович Чиряев бюһугар сибэкки уонна гирлянда уурдулар, эҕэрдэ тыл эттилэр.