Чочу нэһилиэгэр алтынньы 7 күнүттэн 11 күнүгэр дылы биһи нэһилиэккэ аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн декадата буолан ааста. Нэһилиэккэ үгэс буолбут “Үтүө санаа оҥоойуга” акция буолла. Акцияҕа киирбит отону дьиэҕэ олорор кырдьаҕастарга түҥэттилэр. “Үрүҥ Уолан” сынналаҥ кииҥҥэ нэдиэлэни быһа аҕам саастаахтар үлэлэрин быыстапката турда. Быыстапкаҕа кыттыбыт дьоммутугар махтанан туран, махтал суруктары туттардыбыт.
Ону таһынан нэдиэлэ ортотугар ол эбэтэр алтынньы 10 күнүгэр “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр, Бүлүүтээҕи Пенсионнай фондатын клиеннарын кытта үлэлиир сулууспа салайааччыта Макарова Ламинария Федотовна, пенсионнай фонда база данных администратора Корякин Василий Дмитриевич уонна Бүлүүтээҕи социальнай харалта управлениетын сүрүн эксперт специалииһа Волкова Сардана Иосифовна нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр, саҥа уларыйыылары кэпсээтилэр. Мунньах кэннэ биирдиилээн дьону приемнаатылар.
Аҕам саастаахтар декадаларын мааны астаах, итии чэйдээх тэрээһининэн түмүктэннэ. Нэһилиэк баһылыга Догоюсов П.А. бырааһынньыгынан эҕэрдэтин тириэртэ, үлэ бэтэрээннэрин чиэстиир наҕараадалары, үбүлүөйдээхтэргэ анал бэлиэлэри туттарда, култуура үлэһиттэрэ бэтэрээннэрин эҕэрдэлээн сэмэй бэлэх туттарда, “Күнчээнэ” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Николаева А.М. Уус – Майаҕа олорор биир дойдулаахпыт, норуот маастара Федорова В.М. тикпит олбохторун, олохтоох дьаһалтаҕа бэлэх туттарда. Кэлбит ыалдьыттар, оонньоон – көрүлээн, ирэ – хоро кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.