Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Республикатын судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн, Саха саарына, биллиилээх политическай уонна государственнай деятель биир дойдулаахпыт Гавриил Иосифович Чиряев бюһугар гирлянда, тыыннаах сибэкки уурдулар.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар Саха Республикатын Ил Дархан уонна Правительствотын дьаһалтатын салайааччыта Григорий Николаевич Михайлов, “Бүлүү улууһа (оройуона)” Муниципальнай оройуонун баһылыга Винокуров Сергей Николаевич, Саха Республикатын ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникациятыгар миниистири бастакы солбуйааччы Мохначевская Надежда Вячеславовна, Оройуон сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Корякин Гаврил Семенович, олохтоох дьаһалта баһылыга Догоюсов Петр Александрович эҕэрдэ тыл эттилэр.
Өрөспүүбүлүкэбит бигэ туруктаах, бөҕө тирэхтээх буолуутугар сүҥкэҥ кылаатын, олоҕун чаҕылхай күннэрин анаабыт биир дойдулаахпыт, Саха саарына, биллиилээх политическай уонна государственнай деятеля Гавриил Иосифович Чиряев бюһугар, Саха Өрөспүүблүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уонна гирлянда уурдулар.
Биир дойдулаахпыт, Саха саарына Гавриил Иосифович Чиряев сырдык мөссүөнэ, төрөөбүт Сахатын сирэ чэчирии сайдарыгар киллэрсибит дьоһуннаах олоҕо, айар үлэтэ бүттүүн саха сирин норуота киэн туттар. Инникитин да бу курдук кимиилээхтик үлэлээн – хамсаан, биир санааннан салайтаран үүнүү – сайдыы суолун тутуһан олордохпутуна, өрөспүүбүлүкэбит өссө чэчириэҕэ, бигэ туруктаныаҕа, кыахтаах регтон буолуоҕа диэн эрэнэбит.