Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт өрөгөйдөөх күнүн, Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду бүттүүнэ барыта ураты суолта биэрэн бэлиэтиир. Харах уулаах Кыайыы туһугар, үгүс дьонун толук биэрбит, тыылга таһаарылаах үлэтинэн инньики кирбини хааччыйсыбыт, Саха Сирэ эмиэ бу бэлиэ күнү үрдүк таһаарыылаахтык бэлиэтиир. Ол курдук Чочу нэһилиэгэр Ыам ыйын 9 күнүн, Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтээтэ. Сэрии сылларыгар биһиги нэһилиэктэн 182 киһи ыҥырыллыбыта, олортон 72 киһи эргиллэн кэлбитэ, хомойуох иһин 110 эдэр буойун эйэлээх олох иһин күүстэрин кыахтарын харыстаабакка, сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Кыайыыны аҕалсыбыт хорсун буойуттарбытыгар, тыылга хаалан Кыайыыны уһансыбыт хоһуун дьоммутугар махталбыт мунура суох.
Бу тэрээһиҥҥэ Чочу нэһилиэгин Муниципальнай Тэриллии баһалыгын эбээһинэһин солбуйааччы Евсеева Надежда Павловна, нэһилиэк бэтэрээннэрин ааттарыттан үлэ бэтэрээнигэр, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын бэтэрэнэЕгоров Николай Иннокентьевич, сэрии кэмин оҕото Светлана Ивановна Новикова, И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэИванов Аким эҕэрдэ тыл эттилэр. Бу кырыыстаах сэрии бүппүтэ, Улуу Кыайыы олохтоммута 79 сылын көрсөбүт, аҕа көлүөнэ эриирдээх – мускуурдаах араас историческай түгэннэрдээх олоҕуттан биир кэрдииһин – Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларын – фронт уонна тыыл кыттыылаахтарынан киэн туттан, албан ааттарыгар сүгүрүйэн туран Кыайыы памятнигар өйдөбүнньүк грилянданы, Чочу нэһилиэгин И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ уурдулар. Үөрүүлээх митинг кэннэ киэһэ “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр бэтэрээннэрбитигэр аналлаах кэнсиэринэн түмүктээтибит.