Саха сирин саллаат уолаттара, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар, фроҥҥа арҕаа тиийэ, кыр өстөөҕү утары сомоҕото буолан, сүүһүнэн бырааттыы норуоттар, чулуу дьону кытары бииргэ осхсуппуттара. Улуу Кыайыы күнэ – Нацискай Германияны Сэбиэскэй армия уонна Сэбиэскэй норуот кыайбытын бэлиэтиир улуу күммүт. Бу күнү 1945 сыллаахха, Советскай Союз үрдүкү сэбиэтин призидиумун ыйааҕынан, ыл ахсын, Ыам ыйын 9 күнүнү Кыайыы күнүнэн бэлиэтииргэ указтаабыта. Бу тэрээһин чэрчитинэн Чочу нэһилиэгэр “Өйдөбүнньүк чүмэчи” акция буолан ааста. Акцияҕа Чочутааҕы И.М. Гоголев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара, тэрилтэ салайааччылара, нэһилиэк олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Кыайыыны уһансыбыт хоһуун дьоммутугар махталбыт муҥура суох. Өстөөҕү үлтүрүтэргэ Ийэ дойдуларын, норуоттарын, кэнэҕэски көлүөнэлэрин, алдьархайтан быыһаабыт хорсун быһыылара, сырыылара мэлдьи холобур буолуоҕа, албан ааттара эдэр ыччакка, инникитин даҕаны холобур буолан, Ийэ дойдуну муҥура суох сулус буолан ыҥыра туруохтара. Кинилэр сырдык ааттара мэлдьи ааттана туруо.