Бүгүн биһи нэһилиэккэ Ньукуолун күнүн көрүстүбүт. Бу күн айылҕа уһуктан, от-мас көҕөрөн, көтөр-сүүрэр кэлэн, олох өрөгөйүн уруйдаан, ырыа-тойук эгэлгэтин тардар, киһи сүргэтэ көтөҕүллэн, айылҕалыын ситимэ күүһүрэр. Ол иһин биһиги сахалар сөбүлүүр аспытын аһаан, ойуурга, хонууга тахсан айылҕалыын алтыһан, ситиммитин бөҕөргөтөн, күүс-уох ылан, сири-уоту аһатабыт. Өссө биир дьылы этэҥҥэ туораан, биир хаары санныбытыгар уулларан, сааспытыгар биир сылы эбинэбит. Бу күҥҥэ күөххэ үктэммиппитин бэлиэтээн, Чочу, Кыадаҥда нэһилиэктэрин аҕам саастаахтарын ыҥыран, олохтоох дьаһалта тэлгэһэтигэр, толору астаах сандалыны тардан аһаттыбыт. Эйэҕэс эҕэрдэ тыллары олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Надежда Павловна, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэсэдээтэлэ Галина Гоголева уо.д.а эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Мустубут ыалдьыттары, ылбаҕай ырыалары ыллаан, бэйэ — бэйэлэрин кытта ирэ — хоро кэпсэтэн, көрдөөх оонньуулары оонньоон, бэлэхтэри тутан, эҕэрдэ оһуохайынан түмүктээн, үөрэн – көтөн, астынан тарҕастылар.
Чочу нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 79 сылын көрсөр үөрүүлээх митинг
Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт өрөгөйдөөх күнүн, Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду бүттүүнэ барыта ураты суолта биэрэн бэлиэтиир. Харах уулаах Кыайыы туһугар, үгүс дьонун толук биэрбит, тыылга таһаарылаах үлэтинэн инньики кирбини хааччыйсыбыт, Саха Сирэ эмиэ бу бэлиэ күнү үрдүк таһаарыылаахтык бэлиэтиир. Ол курдук Чочу нэһилиэгэр Ыам ыйын 9 күнүн, Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтээтэ. Сэрии сылларыгар биһиги нэһилиэктэн 182 киһи ыҥырыллыбыта, олортон 72 киһи эргиллэн кэлбитэ, хомойуох иһин 110 эдэр буойун эйэлээх олох иһин күүстэрин кыахтарын харыстаабакка, сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Кыайыыны аҕалсыбыт хорсун буойуттарбытыгар, тыылга хаалан Кыайыыны уһансыбыт хоһуун дьоммутугар махталбыт мунура суох.
Бу тэрээһиҥҥэ Чочу нэһилиэгин Муниципальнай Тэриллии баһалыгын эбээһинэһин солбуйааччы Евсеева Надежда Павловна, нэһилиэк бэтэрээннэрин ааттарыттан үлэ бэтэрээнигэр, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын бэтэрэнэЕгоров Николай Иннокентьевич, сэрии кэмин оҕото Светлана Ивановна Новикова, И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэИванов Аким эҕэрдэ тыл эттилэр. Бу кырыыстаах сэрии бүппүтэ, Улуу Кыайыы олохтоммута 79 сылын көрсөбүт, аҕа көлүөнэ эриирдээх – мускуурдаах араас историческай түгэннэрдээх олоҕуттан биир кэрдииһин – Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларын – фронт уонна тыыл кыттыылаахтарынан киэн туттан, албан ааттарыгар сүгүрүйэн туран Кыайыы памятнигар өйдөбүнньүк грилянданы, Чочу нэһилиэгин И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ уурдулар. Үөрүүлээх митинг кэннэ киэһэ “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр бэтэрээннэрбитигэр аналлаах кэнсиэринэн түмүктээтибит.
“Өйдөбүнньүк чүмэчи”
Саха сирин саллаат уолаттара, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар, фроҥҥа арҕаа тиийэ, кыр өстөөҕү утары сомоҕото буолан, сүүһүнэн бырааттыы норуоттар, чулуу дьону кытары бииргэ осхсуппуттара. Улуу Кыайыы күнэ – Нацискай Германияны Сэбиэскэй армия уонна Сэбиэскэй норуот кыайбытын бэлиэтиир улуу күммүт. Бу күнү 1945 сыллаахха, Советскай Союз үрдүкү сэбиэтин призидиумун ыйааҕынан, ыл ахсын, Ыам ыйын 9 күнүнү Кыайыы күнүнэн бэлиэтииргэ указтаабыта. Бу тэрээһин чэрчитинэн Чочу нэһилиэгэр “Өйдөбүнньүк чүмэчи” акция буолан ааста. Акцияҕа Чочутааҕы И.М. Гоголев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара, тэрилтэ салайааччылара, нэһилиэк олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Кыайыыны уһансыбыт хоһуун дьоммутугар махталбыт муҥура суох. Өстөөҕү үлтүрүтэргэ Ийэ дойдуларын, норуоттарын, кэнэҕэски көлүөнэлэрин, алдьархайтан быыһаабыт хорсун быһыылара, сырыылара мэлдьи холобур буолуоҕа, албан ааттара эдэр ыччакка, инникитин даҕаны холобур буолан, Ийэ дойдуну муҥура суох сулус буолан ыҥыра туруохтара. Кинилэр сырдык ааттара мэлдьи ааттана туруо.
ТУРУГУР ҮЛЭ! ЭЙЭ! КҮӨХ МААЙ!
Ыам ыйын 1 күнүгэр – Республикаҕа биллэриллибит Үлэ күнүн бэлиэтээн, олохтоох дьаһалта баһылыга Догоюсов Петр Александрович көҕүлээһининэн, сарсыарда 10 чаастан түөлбэлэр ыраастаныы үлэтин ыыттылар, трактор уулуссалары кэрийиэн бөхтөрү свалкаҕа тиэйдэ. Маны таһынан атын күҥҥэ Кыадаҥдаҕа баран бу акцияны салгыы ыытыахтара.
Чочу нэһилиэгэр “Үҥкүү дьоро киэһэтэ”
Чочутааҕы “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр үҥкүү күнүн бэлиэтээн “Үҥкүү дьоро киэһэтэ” – эҕэрдэ кэнсиэр буолла. Дьоро киэһэни 6 үҥкүү ансамбыла кытынна. “Далбар” үҥкүү ансамбыла – салайааччы Чыларова Ия Петровна, “Дьолуо” ансамбыл – салайааччы Ермолаева Сахая Семеновна, үкүүлэри туруорда Павлова Сардаана Павловна, “Оҕо Саас” ансамбыл (улахан уонна кыра бөлөх) – салайааччы Павлова Сардаана Павловна, Кыадаҥда сэлиэнньэтиттэн “Күндэли” ансамбыл – салайааччы Рыкунова Олимпиада Семеновна, «Байалыат» эдэр ийэлэр ансамбыллара салайааччы Догоюсова Замира Кимовна, үҥкүүнү туруарга көмөлөстө Павлова Сардаана Павловна. Ансамбылларбытыгар уонна салайааччыларбытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ, махтаныаҕыҥ маннык дьоро киэһэни бэлэхтээбиттэригэр.
«Сааскы күллэринньик» көр-күлүү күрэҕэ
Муус устар 26 күнүгэр Н.Х. Константинов аатынан Кыадаҥдатааҕы «Күндэ» сынньалаҥ киинигэр, Кыадаҥда, Чочу нэһилиэктэрин түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар «Сааскы күллэринньик» көр-күлүү күрэҕэ буолла. Чочу нэһилиэгиттэн Байылыат түөлбэ салайааччыта Лыткина Мария Геннадиевна, Саһарҕа түөлбэ – салайааччы Макарова Саргылаана Чемпионовна уонна Кыадаҥда сэлиэнньэтиттэн Күндэ уоттара – салайааччы Иванов Валерий Михайлович, түөлбэри салайан кытыннылар. Түөлбэлэр бэйэлэрин чиэстэрин үрдүк таһымҥа көмүскээтилэр. Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ “Саһарҕа”, 2 миэстэ – “Байылыат”, 3 миэстэ – “Күндэ уоттара буоллулар. Түөлбэлэргэ баҕарыаҕыҥ өссө үрдүк ситиһиини, түмсүүлээх буолууну.
Саха Республикатын күнүн чэрчитинэн, Саха саарына, биллиилээх политическай уонна государственнай деятель, биир дойдулаахпыт Г.И.Чиряев памятнигар грилянда, тыыннаах сибэкки уурдулар.
Кыадаҥда сэлиэнньэтигэр муус устар 26 күнүгэр, сарсыарда 10 чаастан, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх миитин буолан ааста. Саха норуота сүгүрүйэр Ытык киһитэ, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, өр кэмнэргэ республиканы уһулуччу таһаарыылаахтык салайбыт Гавриил Иосифович Чиряев бюһугар сибэкки уонна гирлянда уурдулар, эҕэрдэ тыл эттилэр.