Бүлүүлэр киэн туттар, саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, биллэр – көстөр уонна судаарыстыбаннай деятель Степан Максимович Аржаков бу сыл сэтинньи 9 күнүнгэр төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээн, араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар бүгүҥҥү үөрүүлээх күн тосхойдо. Бу Степан Аржаков аата манна мустубут нэһилиэктэргэ сүрдээх суолталаах диэтэхпинэ сыыһа буолбата буолуо. Чочу нэһилиэгэр 1961 сыллаахха «Сталин» колхоһу уларытан, «Степан Аржаков аатынан» колхоз тэриллибитэ. 1967 сыллаахха «Степан Аржаков аатынан» колхоз «Степан Аржаков аатынан» совхоз буолбута. Совхоз иһинэн Чочу уонна Кыадаҥда отделениеларыгар элбэх дьоммут-сэргэбит үлэлээн-хамнаан ааспыттара. Кыадаҥда отделениета чуолаан субай сүөһүнү төлөһөтүүгэ күүстээх үлэни ыыппыта. Чочу отделениетыгар «Ампаардаах», «Кэскил», «Дэбэкэй», «Эбэ», «Куонду» фермаларыгар, эдэр ыччат комсомольскай звенолара үүтү дэлэтиигэ үлэлээбиттэрэ.Сыллар – хонуктар аасталлар да нэһилиэк олохтоохторун өйүгэр – санаатыгар хатанан хаалар кэрэ күннэр этилэр. Ол иһин бүгүн Чочу нэһилиэгэр ааспыт кэмнэри санаары, ахтаары, нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар агитбригадалар, ол эбэтэр түөрт нэһилиэк: Бөтүҥ, Өкүндү, Чинэкэ, Чочу, табаарыстыы көрсүһүүтэ Чочу нэһилиэгэр буолан ааста. Тэрээһин икки сиринэн буолла, ыалдьыттар бастаан Кыадаҥда сэлиэнньэтигэр тиийэн, „Күндэ“ сынньалаҥ киинигэр, „Нэһилиэкпит сайдыыта – бэйэбит илиибитигэр“ – диэн дьалабыай оонньууга күрэхтэстилэр. Күрэх түмүгүнэн, бастакы миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, иккис миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, үһүс миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ, төрдүс миэстэ – Чочу нэһилиэгэ буоллулар.
Ол кэннэ Чочу нэһилиэгэр „Үрүҥ Уолан“ сынньалаҥ киинигэр дэлэй астаах сандалыга олорон, үссэнэн баран киэһээҥҥи күрэхтэригэр туруннулар. “Ахтылҕаннаах ааспыт кэм” – диэн күрэххэ күөн көрсүһэн, билсиһэн, уруккуну – хойуккуну санатыһан, мустан көрү – нары көҕүлүттэн тутан, тэрээһин сүрдээх сэргэхтик ааста. Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, 10 000 тыһыанча сууммалаах сертификат Чочу нэһилиэгэ туруорбут бирииһин ылла, иккис миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, үһүс миэстэ – Чочу нэһилиэгэ, төрдүс миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ буоллулар. Бу күрэххэ нэһилиэктэр бэркэ бэлэмнэнэн, үрдүк таһымҥа кыттан, астынан бардылар.