«Күн тэҥэ күндү киһим — Ийэм»

Алтынньы ый 27 күнүгэр ийэ күнүн бырааһынньыгын иккис тэрээһинигэр, ийэлэрбитигэр уонна оҕолорбутугар сынньалаҥ күн буолан ааста.

Ийэлэрбитигэр араас маастар кылаастар аастылар. Ыҥырыылаах ыалдьыппыт, Бүлүү куораттан С.М. Аржаков аатынаан ВЦССВ «Кэнчээри» иитээччитэ Иванова Екатерина Владимировна фоамиран матырыйаалтан роза сибэккини хайдах оҥорорго үөрэтэн барда. Степанида Владимировна Трофимова Үрүҥ уолан сынньалаҥ кииммит народнай театырын режиссера, бэйэтэ дьарыгырар хоббиларыттан биирдэстэриттэн, билиҥҥи үйэҕэ муолунай араас аһы уурар дуоскаҕа сууллубат акрил красканан уруһуйдуурга үөрэтэн, кэлбит ыалдьыт уруһуйдаабыт дуоскатын бэлэх гынан илдьэ бардылар. Ия Петровна Чыларова Үрүҥ уолан сынньалаҥ киин уус-уран салайааччыта, сахалыы норуот үҥкүүлэрин тутаах хамсаныыларын көрдөрдө. Анатолий Иванович Лукин, Үрүҥ уолан сынньалаҥ киин звукооператора, гитараҕа уонна байааҥҥа оонньуурга бастакы аккордарын тыаһатары уонна хайдах илиини тутарга-хабарга үөрэттэ.

Оҕолорго кулууппут иһигэр дьэндэйэ турбут Батутка оонньуу буолла уонна гитараҕа, байааҥҥа, үҥкүүгэ маастар кылаас ыллылар.

Кэлэн сэргээбит, биһигини кытта бииргэ буолбут ыалдьыттарбытыгар барҕа махталбытын тириэрдэбит.

Сахабыт сиригэр «Ийэ кунэ»

Саха сиригэр биллэрин курдук бастакы президеммыт Михаил Николаев 1993 сыллаахха олоххо киллэрбит уураа5ынан сылын ахсын ийэ кунун бэлиэтиибит. Тэрээьин чэрчитинэн Чочу нэьилиэгэр алтынньы ый 26 кунугэр, бырааьынньыктаа5ы э5эрдэ кэнсиэрт буолан ааста. Кэнсиэрт бэрт тэрээьиннээхтик, арыллыытыгар торжественнай чаастаах буолла. Булуу оройуонун главата Винокуров Сергей Николаевич анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, олохтоох уолаттарбыт ийэлэригэр махтанан, э5эрдэлээн махтал суруктары уонна харчылаах сертификааттары туттартаата.

Кэнсиэрбит иккис чааьыгар олохтоох самодъетельнас уонна сынньалан кииммит иьинэн улэлиир формированияларбыт э5эрдэ нуемэрдэрэ турдулар.

Аҕам саастаахтар декадалара

Чочу нэһилиэгэр алтынньы 7 күнүттэн 11 күнүгэр дылы биһи нэһилиэккэ аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн декадата буолан ааста. Нэһилиэккэ үгэс буолбут “Үтүө санаа оҥоойуга” акция буолла. Акцияҕа киирбит отону дьиэҕэ олорор кырдьаҕастарга түҥэттилэр. “Үрүҥ Уолан” сынналаҥ кииҥҥэ нэдиэлэни быһа аҕам саастаахтар үлэлэрин быыстапката турда. Быыстапкаҕа кыттыбыт дьоммутугар махтанан туран, махтал суруктары туттардыбыт.

Ону таһынан нэдиэлэ ортотугар ол эбэтэр алтынньы 10 күнүгэр “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр, Бүлүүтээҕи Пенсионнай фондатын клиеннарын кытта үлэлиир сулууспа салайааччыта Макарова Ламинария Федотовна, пенсионнай фонда база данных администратора Корякин Василий Дмитриевич уонна Бүлүүтээҕи социальнай харалта управлениетын сүрүн эксперт специалииһа Волкова Сардана Иосифовна нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр, саҥа уларыйыылары кэпсээтилэр. Мунньах кэннэ биирдиилээн дьону приемнаатылар.

Аҕам саастаахтар декадаларын мааны астаах, итии чэйдээх тэрээһининэн түмүктэннэ. Нэһилиэк баһылыга Догоюсов П.А. бырааһынньыгынан эҕэрдэтин тириэртэ, үлэ бэтэрээннэрин чиэстиир наҕараадалары, үбүлүөйдээхтэргэ анал бэлиэлэри  туттарда,  култуура үлэһиттэрэ бэтэрээннэрин эҕэрдэлээн сэмэй бэлэх туттарда, “Күнчээнэ” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Николаева А.М. Уус – Майаҕа олорор биир дойдулаахпыт, норуот маастара Федорова В.М. тикпит олбохторун, олохтоох дьаһалтаҕа бэлэх туттарда.  Кэлбит ыалдьыттар, оонньоон – көрүлээн, ирэ – хоро кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.

Нэһилиэк олохтоохторо судаарыстыбаннас күнүн бэлиэтээтэ.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Республикатын судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн, Саха саарына, биллиилээх политическай уонна государственнай деятель биир дойдулаахпыт Гавриил Иосифович Чиряев бюһугар гирлянда, тыыннаах сибэкки уурдулар.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар Саха Республикатын Ил Дархан уонна Правительствотын дьаһалтатын салайааччыта Григорий Николаевич Михайлов, “Бүлүү улууһа (оройуона)” Муниципальнай оройуонун баһылыга Винокуров Сергей Николаевич, Саха Республикатын ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникациятыгар миниистири бастакы солбуйааччы Мохначевская Надежда Вячеславовна, Оройуон сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Корякин Гаврил Семенович, олохтоох дьаһалта баһылыга Догоюсов Петр Александрович  эҕэрдэ тыл эттилэр.

Өрөспүүбүлүкэбит бигэ туруктаах, бөҕө тирэхтээх буолуутугар сүҥкэҥ кылаатын, олоҕун чаҕылхай күннэрин анаабыт биир дойдулаахпыт, Саха саарына, биллиилээх политическай уонна государственнай деятеля Гавриил Иосифович Чиряев бюһугар, Саха Өрөспүүблүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уонна гирлянда уурдулар.

Биир дойдулаахпыт, Саха саарына Гавриил Иосифович Чиряев сырдык мөссүөнэ, төрөөбүт Сахатын сирэ чэчирии сайдарыгар киллэрсибит дьоһуннаах олоҕо, айар үлэтэ бүттүүн саха сирин норуота киэн туттар. Инникитин да бу курдук кимиилээхтик үлэлээн – хамсаан, биир санааннан салайтаран үүнүү – сайдыы суолун тутуһан олордохпутуна, өрөспүүбүлүкэбит өссө чэчириэҕэ, бигэ туруктаныаҕа, кыахтаах регтон буолуоҕа диэн эрэнэбит.

Чочуга Үрүҥ Тунах ыһыах

Үрүҥ Тунах ыһыаҕа Чочу нэһилиэгэр сарсыарда 10 чаастан саҕаланна. Уруккаттан биллэрин курдук нэһилиэкпит оһуохайдьыттарынан, олоҥхоһуттарынан, ырыаһыттарынан дьоҥҥо – сэргэҕэ киэҥник биллэр. Олортон биирдэстэрэ биһи ытыктыыр киэн туттар сүгүрүйэр киһибит, Сергей Зверев – Кыыл уолун үөрэнээччитэ, саха норуотун төрүөтүн үйэтитээччитэ, тарҕатааччыта, амарах санаалаах алгысчыт, сахабыт сирин суон сураҕырдар айылҕаттан этитиилээх, киэҥ түһүлгэлээх Аан Дархан оһуохайдьыт, олонхоһут,  СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Иннокентьевич Иванов – Чочу Сэмэнэ буолар.Бүгүн кини аатын үйэтитээри, кэлэр кэнчээри ыччакка холобур оҥороору, Семен Иннокентьевич Иванов – Чочу Сэмэнин чиэстээн, өйдөбүнньүк бааматынньыгы арыйаары, үөрүүлээх быһыыга – майгыга буолан ааста. Чочубут сиригэр – уотугар билигин да олонхо тыына баар, өссө үүнэ – сайдар кэскиллээх. Бу курдук олоҥхоһуттардаах олонхону толорооччулардаах, үйэтитээччилэрдээх, тарҕатааччылардаах буолан,  олонхото үйэлэртэн, үйэлэргэ ааттана турдун.

Онтон салҕыы Хойгуолаах ыһыахтыыр сиргэ Үрүҥ Тунах ыһыах арыллыыта буолла. Ыалдьыттары арыылаах алаадьыннан айах туттулар, олохтоох баһылык, ыҥырыылаах ыалдьыттар эҕэрдэ тыл эттилэр. Биир дойдулаахпыт Семен Иннокентьевич Иванов – Чочу Сэмэнин олоҥхотун, Чочутааҕы норуодунай театра толоро, эҕэрдэ кэнсиэрт буолла, биир дойдулаахпыт СӨ уус – уран самодеятельноһын маастара, Уус – Майа улууһун нороднай маастара Федорова Мария Михайловна персональнай быыстапкатын дьон сэҥээриитин ылла. Күн иккис аҥарыгар биирдиилээн дьоҥҥо уонна оҕолорго саха таҥаһа уонна Саамай бастыҥ киэргэл күрэх,  түөлбэ алын кылаас кыргыттарыгар «Мини мисс Чочу — 2024» буолла. Ону тэҥэ спортивнай күрэхтэр көхтөөхтүк буоллулар. Кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар уонна олохтоохтор сайын кэлбит күнүн дуоһуйа, үөрэн – көтөн көрүстүлэр.

Чочуга “Ойор күннээх оҕо саас” фестиваль

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларын чэрчитинэн, Чочу нэһилиэгэр “Ойор күннээх оҕо саас” фестиваль буолла. Тэрээһин сарсыардаттан “Күнчээнэ” – оҕо саадын саҥа оонньуур балаһааккатын арыйыытынан саҕаланна. Нэһилиэк оҕолоро тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа оонньуур сирдэммиттэриттэн олус диэн үөрдүлэр.

         Мантан салгыы И.М.Гоголев аатынан түмэл тэлгэһэтигэр Иван Гоголев “Хара кыталык” романын геройдарыгар Хабырыыс уонна Хобороос арт – скульптураларын үөрүүлээхтик арыйдылар. Бу скульптураны саха талааннааҕа Иванов Афанасий Егорович  оҥордо. Бу тэрээһиҥҥэ Иван Дьячковскай – Кыталык Уйбаан ылдьыттаата.

Эбиэт кэннэ спорт балаһааккаҕа тэрээһиммит үөрүүлээх чааһа, оҕолор эҕэрдэ кэнсиэрэ, спортивнай оонньуулар, аттракционнар, көтөр змейдэри көтүтүү, атыы – кутуу, ”Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинин тэлгэһэтигэр оҕолорго аналлаах батут үлэлээтэ. Бырааһынньыкка кэлбит оҕолор дуоһуйа астынан, оонньоон бардылар.

Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах “Ахтылҕаннаах ааспыт кэм” нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэхтэрэ ситиһиилээхтик ааста.

Бүлүүлэр киэн туттар, саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, биллэр – көстөр уонна судаарыстыбаннай деятель Степан Максимович Аржаков бу сыл сэтинньи 9 күнүнгэр төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээн, араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар бүгүҥҥү үөрүүлээх күн тосхойдо. Бу Степан Аржаков аата манна мустубут нэһилиэктэргэ сүрдээх суолталаах диэтэхпинэ сыыһа буолбата буолуо. Чочу нэһилиэгэр 1961 сыллаахха «Сталин» колхоһу уларытан, «Степан Аржаков аатынан» колхоз тэриллибитэ. 1967 сыллаахха «Степан Аржаков аатынан» колхоз «Степан Аржаков аатынан» совхоз буолбута. Совхоз иһинэн Чочу уонна Кыадаҥда  отделениеларыгар элбэх дьоммут-сэргэбит үлэлээн-хамнаан ааспыттара. Кыадаҥда отделениета чуолаан субай сүөһүнү төлөһөтүүгэ күүстээх үлэни ыыппыта. Чочу отделениетыгар «Ампаардаах», «Кэскил», «Дэбэкэй», «Эбэ», «Куонду» фермаларыгар, эдэр ыччат комсомольскай звенолара үүтү дэлэтиигэ үлэлээбиттэрэ.Сыллар – хонуктар аасталлар да нэһилиэк олохтоохторун өйүгэр – санаатыгар хатанан хаалар кэрэ күннэр этилэр. Ол иһин бүгүн Чочу нэһилиэгэр ааспыт кэмнэри санаары, ахтаары, нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар агитбригадалар, ол эбэтэр түөрт нэһилиэк: Бөтүҥ, Өкүндү, Чинэкэ, Чочу, табаарыстыы көрсүһүүтэ Чочу нэһилиэгэр буолан ааста. Тэрээһин икки сиринэн буолла, ыалдьыттар бастаан Кыадаҥда сэлиэнньэтигэр тиийэн, „Күндэ“ сынньалаҥ киинигэр, „Нэһилиэкпит сайдыыта – бэйэбит илиибитигэр“ – диэн дьалабыай оонньууга күрэхтэстилэр. Күрэх түмүгүнэн, бастакы миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, иккис миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, үһүс миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ, төрдүс миэстэ – Чочу нэһилиэгэ буоллулар.

Ол кэннэ Чочу нэһилиэгэр „Үрүҥ Уолан“ сынньалаҥ киинигэр дэлэй астаах сандалыга олорон, үссэнэн баран киэһээҥҥи күрэхтэригэр туруннулар.  “Ахтылҕаннаах ааспыт кэм” – диэн күрэххэ күөн көрсүһэн, билсиһэн, уруккуну – хойуккуну санатыһан,  мустан көрү – нары көҕүлүттэн тутан, тэрээһин сүрдээх сэргэхтик ааста. Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, 10 000 тыһыанча сууммалаах сертификат Чочу нэһилиэгэ туруорбут бирииһин ылла, иккис миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, үһүс миэстэ – Чочу нэһилиэгэ, төрдүс миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ буоллулар. Бу күрэххэ нэһилиэктэр бэркэ бэлэмнэнэн, үрдүк таһымҥа кыттан, астынан бардылар.

Чочуга түөлбэ күрэҕэ салҕанар

Бу тэрээһин дьон өйүгэр – санаатыгар хатанан хаалар суолталаах күн буолан ааста. Биһи нэһилиэккэ сыл ахсын бастыҥтан бастыҥнары таларга, олус наадалаах күрэх диэтэхпинэ сыыһа буолбата буолуо. Ырыа – үҥкүү күнүн чэрчитинэн, түөлбэлэр икки ардыларыгар, «Ырыа – үҥкүү – Мин олоҕум»  диэн ааттаах сүрдээх үчүгэй, интэриэһинэй күрэх буолла. Бу күрэххэ кыттааччыларбыт 4 музыкальнай нүөмэр бэлэмнээн кэлэн кытыннылар. Балаһыанньа быһыытынан хас биирдии кыттар түөлбэ 2 үҥкүү, биирэ норуодунай, иккиһэ бэйэ көрүүтүгэр, 2 ырыа, бастакыта – байыаннай, иккиһэ көҥүл темаҕа талан кытыннылар. Бары бэрт көхтөөхтүк кыттан, бэйэлэригэр олус үчүгэй бырааһынньык тэриннилэр. Күрэх түмүгүнэн Бастакы миэстэ – “Байылыат”  түөлбэ, салайааччы Лыткина Мария Геннадиевна. Иккис миэстэ – “Туойдаах” түөлбэ, салайааччы Протопопова Елизавета Андриановна. Үһүс миэстэ – “Саһарҕа” түөлбэ, салайааччы Макарова Саргылана Чемпионовна. Түөлбэ слайааччыларыгар, олохтоохторугар өссө үрдүк ситиһиини баҕарыаҕыҥ.

Ыам ыйын 22 күнэ — Ньукуолун күнэ

Бүгүн биһи нэһилиэккэ Ньукуолун күнүн көрүстүбүт. Бу күн айылҕа уһуктан, от-мас көҕөрөн, көтөр-сүүрэр кэлэн, олох өрөгөйүн уруйдаан, ырыа-тойук эгэлгэтин тардар, киһи сүргэтэ көтөҕүллэн, айылҕалыын ситимэ күүһүрэр. Ол иһин биһиги сахалар сөбүлүүр аспытын аһаан, ойуурга, хонууга тахсан айылҕалыын алтыһан, ситиммитин бөҕөргөтөн, күүс-уох ылан, сири-уоту аһатабыт. Өссө биир дьылы этэҥҥэ туораан, биир хаары санныбытыгар уулларан, сааспытыгар биир сылы эбинэбит. Бу күҥҥэ күөххэ үктэммиппитин бэлиэтээн, Чочу, Кыадаҥда нэһилиэктэрин аҕам саастаахтарын ыҥыран, олохтоох дьаһалта тэлгэһэтигэр, толору астаах сандалыны тардан аһаттыбыт. Эйэҕэс эҕэрдэ тыллары олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Надежда Павловна, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэсэдээтэлэ Галина Гоголева уо.д.а эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Мустубут ыалдьыттары, ылбаҕай ырыалары ыллаан, бэйэ — бэйэлэрин кытта ирэ — хоро кэпсэтэн, көрдөөх оонньуулары оонньоон, бэлэхтэри тутан, эҕэрдэ оһуохайынан түмүктээн, үөрэн – көтөн, астынан тарҕастылар.

Чочу нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 79 сылын көрсөр үөрүүлээх митинг

Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт өрөгөйдөөх күнүн, Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду бүттүүнэ барыта ураты суолта биэрэн бэлиэтиир. Харах уулаах Кыайыы туһугар, үгүс дьонун толук биэрбит, тыылга таһаарылаах үлэтинэн инньики кирбини хааччыйсыбыт, Саха Сирэ эмиэ бу бэлиэ күнү үрдүк таһаарыылаахтык бэлиэтиир. Ол курдук Чочу нэһилиэгэр Ыам ыйын 9 күнүн, Улуу Кыайыы 79 сылын  бэлиэтээтэ. Сэрии сылларыгар биһиги нэһилиэктэн 182 киһи ыҥырыллыбыта, олортон 72 киһи эргиллэн кэлбитэ, хомойуох иһин 110 эдэр буойун  эйэлээх олох иһин күүстэрин кыахтарын харыстаабакка, сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Кыайыыны аҕалсыбыт хорсун буойуттарбытыгар, тыылга хаалан Кыайыыны уһансыбыт хоһуун дьоммутугар махталбыт мунура суох.

Бу тэрээһиҥҥэ Чочу нэһилиэгин Муниципальнай Тэриллии баһалыгын эбээһинэһин солбуйааччы Евсеева Надежда Павловна, нэһилиэк бэтэрээннэрин  ааттарыттан үлэ бэтэрээнигэр, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын бэтэрэнэЕгоров Николай Иннокентьевич, сэрии кэмин оҕото Светлана Ивановна Новикова, И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэИванов Аким эҕэрдэ тыл эттилэр. Бу кырыыстаах сэрии бүппүтэ, Улуу Кыайыы олохтоммута 79 сылын көрсөбүт, аҕа көлүөнэ эриирдээх – мускуурдаах араас историческай түгэннэрдээх олоҕуттан биир кэрдииһин – Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларын – фронт уонна тыыл кыттыылаахтарынан киэн туттан, албан ааттарыгар сүгүрүйэн туран Кыайыы памятнигар өйдөбүнньүк грилянданы, Чочу нэһилиэгин И.М.Гоголев – Кындыл аатынан орто оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ уурдулар.  Үөрүүлээх митинг кэннэ киэһэ “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр бэтэрээннэрбитигэр аналлаах кэнсиэринэн түмүктээтибит.