Муус устар 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин Олонхо дьиэтигэр, Чочутааҕы Сэмэн Иннокентьевич Иванов – Чочу Сэмэнин аатынан норуодунай театр Николай Заболоцкай – Чысхаан “Мааппа” кэпсээнинэн испиктээҕи ситиһиилээхтик туруорда, туруорааччы режиссер Степанида Трофимова. Киирбит 36 тыһыынча солкуобайы биир дойдулаахпытыгар, коллегабытыгар Томскай Леонид Петровичка Кореяҕа эмтэнэригэр ыытабыт. Маны таһынан “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастарын биэрдилэр.
Чочу нэһилиэгэр Сандал сааһы көрүстүбүт
Муус устар 14 кунугэр нэһилиэкпитигэр сандал сааһы көрсө, кырыа кыһыны атаара, көрү-нары көҕүлүттэн тутан, оонньууну оройуттан ылар норуот күүлэйэ буолан ааста. Ону таһынан нэһилиэк олохтоохторун кыттыылаах истиҥ ырыалар – тойуктар, көрдөөх – нардаах конкурстар, оҕолорго көрдөөх күрэхтэр, минньигэс шашлык амсайыыта, ас арааһыттан атыы – тутуу дьаарбаҥката үөрэ-көтө ыытылыннылар. Халлаан сытыы тыаллаах да буоллар, нэһилиэкпит олохтоохторо, биирдиилээн дьоммут — сэргэбит, ыччаттарбыт, оҕолорбут кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бу курдук өрүү көхтөөх, түмсүүлээх буолуоҕун, бука барыгытыгар чэгиэн — чэбдик доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт
«Үрүҥ Уолан» СК-гэр Чочу нэһилиэгэр Үлэ сылын түмүктүүр «Итоги года- 2023» диэн ааһан эрэр сыл үтүө үлэлэрин бэлиэтиир, нэһилиэкпит үлэһит дьонун, көхтөөх түмсүүлэрин, бастыҥ спортсменнарын чиэстиир улахан киэҥ тэрээһин буолан ааста.
Кулууп иһэ лыык курдук киһинэн туолбута бу дьоро киэһэбит нэһилиэкпитигэр интэриэһи тарпытын туоһута буолла. Өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк наҕараадаларыгар, бэлиэлэригэр, грамоталарыгар, бастыҥ номинацияларга тиксибит дьоммутун тобус-толору зал ытыс тыаһынан, ыһыынан-хаһыынан уруйдаан олус үчүгэй өрө көтөҕүллүү балаһатыгар үктэнэн аастыбыт.
Бүгүҥҥү күн дьоруойдарыгар бука барыларыгар эйэҕэс эҕэрдэбитин кытта өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт! Кэлэр сыл өссө атын саҥа ааттары таһаардын, үтүө түмүктээх үлэлэри үксэттин!
«Үрүҥ Уолан»СК-гэр И.М. Гоголев-Кындыл аатын сүгэр Чочу орто оскуолатын коллектива “Учуутал уонна уһуйааччы” сылын түмүктүүр тэрээһини үрдүк таһымҥа ыытта.
Нэһилиэкпит инники кэскилин үөрэх-билии суолугар такайар үөрэхпит кыһатыгар кэлэр сылга өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
Сылы түмүктүүр Бүлүү улууһун спортсменнарын чиэстиир «Бал чемпионов» диэн улахан тэрээһиҥҥэ биһиги нэһилиэкпит чулуу спортсменнарын ааттара ааттаммытынан киэн туттабыт
Остуол оонньуутугар быйыл «Саха сирин маастарын» нуорматын толорбут Илья Егорович Николаев «2023 сылга Чочу нэһилиэгин бастыҥ спортсмена»аатын, ытыыга Россия маастарыгар кандидат Мария Семеновна Догоюсова «2023 сылга Бүлүү улууһун бастыҥ спортсмена»аатын уонна «Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сыла» бэлиэтин тутан үөрүүлэрин үрдэттилэр . Улуус нэһилиэктэрин ыккардыларыгар ыытыллыбыт комплекснай спартакиада түмүгүнэн Чочу нэһилиэгэ иккис миэстэни ылан администрацияҕа спорт специалиһа Николай Мартович Прокопьев быйылгы сыралаах үлэтин үтүө түмүгүнэн буолла. Бүгүҥҥү тэрээһин бастыҥнарыгар уонна Чочубут нэһилиэгин аатын араас таһымнаах күрэхтэргэ көмүскээбит спортсменнарбытыгар бука барыларыгар-Уруй-Айхал! Кэлэр сылга өссө үрдүк ситиһиилэри кэтэһэбит!
Нэһилиэк түөлбэлэрин хамаандаларын саахымакка күрэҕэ
Түөлбэлэр икки ардыларыгар икки күннээх сытыы киирсиилэр кэннилэриттэн саахымат күрэҕэр:- 1. Туойдаах 2. Байылыат 3. Саһарҕа, онтон дуобат күрэҕэр: 1. Туойдаах 2. Байылыат 3. Күндэ түөлбэлэр ыллылар.
Миэстэлэспит түөлбэлэргэ эҕэрдэ эйэҕэһэ! Кыттыбыт спортсменнарга бука барыларыгар махтал бастыҥа! Эһиилги күрэхтэргэ олох эрдэттэн бэлэмнэниҥ!Өссө тыҥааһыннаах сытыы киирсиилэри кэтэһэбит! Күрэхтэһии түгэннэриттэн Н. Прокопьев, Р. Иванов хаартыскаҕа түһэриилэрин киллэрдибит.
Чинэкэҕэ «Сайдыы-түмсүү бастыҥ түөлбэтэ» көрүү-күрэххэ -Чочу нэһилиэгэ!
«Үлэ-олох тутула»
Саха сиригэр уонна нэһилиэкпитигэр биллэриллибит Үлэ сылын чэрчитинэн Тыа хаһаайыстыбатын күнүн бэлиэтиир "Үлэ-олох тутула"тэрээһини түмүктүүр үөрүүлээх киэһэҕэ Чочу нэһилиэгэр кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү-сылгы ииттэн аһы-үөлү дэлэтэр биирдиилээн ыалларга администрация аатыттан номинациялары- бэлиэ ааттары туттардылар.
Ол курдук "Үрүҥ илгэни үрүлүтээччи" диэн аат Петров Егор Филипповичка, "Удьуор утумун салҕааччы" -Николаев Михаил Егоровичка, "Төрөлкөй төрүөхтээх хаһаайыстыба Юрий ,Сусанна Николаевтарга, Виктор Плешковка, "Сүөһү, сылгы иэйэхситэ ыал"-Сергей, Мария Константиновтарга, Иннокентий ,Мария Гаврильевтарга,"Кэскиллээх кэтэх хаһаайыстыба"-Петр,Валентина Ивановтарга, Яков Алексеевич Васильевка тиксэн дьиэ-кэргэттэрин түбүктээх үлэлэрэ сыаналанан үөрдүлэр-көттүлэр.
Түөлбэлэр ыккардыларыгар тыа үлэтигэр анаммыт күрэххэ туох да мөккүөрэ суох "Байылыат" бастакы, иккис "Саһарҕа" уонна үһүс "Кыадаҥда" түөлбэлэр буоллулар. Онтон бүтэһиккэ кэтэһиилээх лотерея оонньонон билиэт атыылаһан сүүйүүгэ тиксэн үөрбүт киһи үксээн тэрээһин үрдүк таһымҥа түмүктэннэ.
«Уруйдан үлэ киһитэ!»
Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр аналлаах "Уруйдан үлэ киһитэ!" диэн бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сопхуос саҕана үлэлээбит-хамнаабыт уонна билигин да ол үлэттэн илиилэрин араарбакка үлэлии сылдьар дьоммут -сэргэбит мустан үбүлүөйнэй бэлиэ күннээх бэтэрээн үлэһиттэрбитин сэргэ остуол оонньуутугар Саха сирин маастарын аатын ылбыт нэһилиэк киэн туттар спортсменнарын чиэстээтибит.
Ол курдук, 80 сааһын туолан аарыма кырдьаҕас аатын сүкпүт Егоров Н. И. "Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ" бэлиэни уонна 70 сааһын туолбут Калачиков Н.С. Чочу нэһилиэгин администрациятыттан Эҕэрдэ суругун, сыаналаах бэлэҕи туттулар.
Онтон биир дойдулаахтарбыт М.А.Николаева уонна И.Е. Николаев Бүлүү улууһун аатын Саха сирин остуол оонньууларын араас таһымнаах күрэхтэригэр элбэх төгүл чиэстээхтик көмүскээн успуорт Маастарын үрдүк аатын ылбыттарынан нэһилиэкпит дьаһалтатын аатыттан 15.000 суммалаах сертификатын уонна "Нэһилиэк киэн туттуута" диэн кубогы тутан, мустубут дьон истиҥ эҕэрдэтин истэн үөрдүлэр-көттүлэр.
Тэрээһиҥҥэ Н. М. Прокопьев уонна К. Н. Николаева фотоархивтарыттан элбэх интэриэһинэй хаартыскалар туһаныллан интэриэһи тартылар.Бэтэрээннэрбитигэр, спортсменнарбытыгар өссө төгүл махталы кытта, эҕэрдэни сэргэ, чөл-чэгиэн туругу, ситиһиилэри уонна дьолу-соргуну баҕарабыт!
«Мин эргиллиэм, Ийээ»
Биһиги биир дойдулаахпыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Миирнэй куорат бочуоттаах олохтооҕо Василий Давыдович Иванов төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээн Чочу народнай театра( тур.режиссер С. В. Трофимова)туруорбут "Мин эргиллиэм, Ийээ!" диэн театрализованнай туруорууну сүрүн герой чугас дьонугар-төрөппүт кыыһыгар Мира Васильевнаҕа, сиэнигэр Жанна Ивановаҕа уонна аймахтарыгар анаан үрдүк таһымҥа оонньоон көрдөрдө.
Олус долгутуулаах, икки өттүттэн элбэх эйэҕэс тыллаах олус үчүгэй истиҥ тэрээһин, үтүө көрсүһүү буолан ааста. Театрбыт сыанатыгар бастакы састааптан бэйэтин талаанынан дьон-сэргэ махталын ылар артыыскабыт Галина Гоголеваны сэргэ эдэркээн оскуола оҕолоро кыттан туруорууну олус киэргэттилэр
.
Олохтоох автор Ольга Винокурова-Саймаара Василий Давыдовичка анабыл хоһооно бу тэрээһиҥҥэ аан бастакыттан сүрүн тыыны биэрдэ. Бу туруоруу народнай театр бастыҥ испиэктээхтэрин иһигэр киирсэргэ сайаапкатын биэрдэ диэн олохтоохтор да, кэлбит ыалдьыттар да биир санаанан астыммыттарын биллэрдилэр. Театр артыыстарыгар барҕа махтал! Инники үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!
Ийээ,хайаан да эргиллиэм
Самаан сайын үгэнигэр
Сырдык,ыраас кэмигэр,
Эмискэ этиҥ эппитинии
Суоһар сурах тарҕаммыта.
Сир дойду үрдүнэн силлиэрэн
Сэрии буолбутун биллэрэн,
Дьон -аймах уолуйа айманан
Дьэбир кэмнэр буолбуттара.
Чочубут .сириттэн арахсан
Чулуу уолаттар хомуллан,
Ыраах соҕуруу аттанан
Уһун айаҥҥа турбуттара.
Баһылай баҕа өттүнэн
Испииһэккэ суруйтаран,
Сэриигэ барар буолбута
Баҕа санаата дьэ туолбута.
Ийэтэ куоракка киирэн
Хараҕын уутунан суунан,
Ииппит уолун атаарбыта
Күүскэ кууһан сыллаабыта.
Уол олус диэн долгуйан
Уостара ибирдии түспүтэ,
«Ийээ, хайаан да эргиллиэм,
Эрэнэ кэтэһээр»-,диэбитэ.
Ийэтэ сайыһа хаалбыта
Ботугураан алҕаабыта,
Аргыый үөһэ тыыммыта
Алгыс тылын анаабыта.
Бүлүү эбэ долгуйар урсунан
Борохуот иһигэр олорсон,
Баһылай санаарҕаан ылбыта
Сүрэҕэ нүөлүйэ тэппитэ.
Дьокуускай биэрэгэр тиксэн
Өлүөнэ үөһүнэн эрдинэн,
Салгыы соҕуруу дойдуга
Айаннарын туппуттара.
Байыаннай үөрэҕи ааһан
Бинтиэпкэ сааны тутан,
Сэрии суоһар толоонугар
Буойун буолан киирбитэ.
Хоодуот,хорсун санаатын
Хаһан да ыһыктыбакка,
Киһи кэннигэр саспакка
Кимиэллээхтик киирсибитэ.
Өлөр өлүү быатыттан
Хабыр- хапсыы суоһуттан,
Аанньала быыһаан ылбыта
Аартык суолун арыйбыта.
Хаста даҕаны бааһыран
Хаана тохтон туймааран,
Гуоспуталга эмтэммитэ
Салгыы фроҥҥа эргийбитэ.
Саха буойун саллаата
Берлиҥҥэ тиийбитэ,
Адьырҕа өстөөх арҕаҕын
Сууһарыыга кыттыбыта.
Сэттэ сыл устатын тухары
Өлүүнү-сүтүүнү аһаран,
Өр даҕаны күүтүү кэнниттэн
Сахатын сирин булбута
Этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ.
Борохуот аалынан айаннаан
Бүлүүтүн биэрэгин булбута
Тахсар күн сарыалын көрсүһэ
Ийэтин сылаастык кууспута.
Көрсүһүүттэн үөрэннэр
Иккиэн ытаһа турбуттара,
Сир үрдүгэр дьол баарын
Уоллаах ийэ билбиттэрэ.