Нэһилиэк түөлбэлэрин хамаандаларын саахымакка күрэҕэ

Түөлбэлэр икки ардыларыгар икки күннээх сытыы киирсиилэр кэннилэриттэн саахымат күрэҕэр:- 1. Туойдаах 2. Байылыат 3. Саһарҕа, онтон дуобат күрэҕэр: 1. Туойдаах 2. Байылыат 3. Күндэ түөлбэлэр ыллылар.
Миэстэлэспит түөлбэлэргэ эҕэрдэ эйэҕэһэ! Кыттыбыт спортсменнарга бука барыларыгар махтал бастыҥа! Эһиилги күрэхтэргэ олох эрдэттэн бэлэмнэниҥ!Өссө тыҥааһыннаах сытыы киирсиилэри кэтэһэбит! Күрэхтэһии түгэннэриттэн Н. Прокопьев, Р. Иванов хаартыскаҕа түһэриилэрин киллэрдибит.

«Үлэ-олох тутула»

Саха сиригэр уонна нэһилиэкпитигэр биллэриллибит Үлэ сылын чэрчитинэн Тыа хаһаайыстыбатын күнүн бэлиэтиир "Үлэ-олох тутула"тэрээһини түмүктүүр үөрүүлээх киэһэҕэ Чочу нэһилиэгэр кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү-сылгы ииттэн аһы-үөлү дэлэтэр биирдиилээн ыалларга администрация аатыттан номинациялары- бэлиэ ааттары туттардылар.

Ол курдук "Үрүҥ илгэни үрүлүтээччи" диэн аат Петров Егор Филипповичка, "Удьуор утумун салҕааччы" -Николаев Михаил Егоровичка, "Төрөлкөй төрүөхтээх хаһаайыстыба Юрий ,Сусанна Николаевтарга, Виктор Плешковка, "Сүөһү, сылгы иэйэхситэ ыал"-Сергей, Мария Константиновтарга, Иннокентий ,Мария Гаврильевтарга,"Кэскиллээх кэтэх хаһаайыстыба"-Петр,Валентина Ивановтарга, Яков Алексеевич Васильевка тиксэн дьиэ-кэргэттэрин түбүктээх үлэлэрэ сыаналанан үөрдүлэр-көттүлэр.
Түөлбэлэр ыккардыларыгар тыа үлэтигэр анаммыт күрэххэ туох да мөккүөрэ суох "Байылыат" бастакы, иккис "Саһарҕа" уонна үһүс "Кыадаҥда" түөлбэлэр буоллулар. Онтон бүтэһиккэ кэтэһиилээх лотерея оонньонон билиэт атыылаһан сүүйүүгэ тиксэн үөрбүт киһи үксээн тэрээһин үрдүк таһымҥа түмүктэннэ.

«Уруйдан үлэ киһитэ!»

Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр аналлаах "Уруйдан үлэ киһитэ!" диэн бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сопхуос саҕана үлэлээбит-хамнаабыт уонна билигин да ол үлэттэн илиилэрин араарбакка үлэлии сылдьар дьоммут -сэргэбит мустан үбүлүөйнэй бэлиэ күннээх бэтэрээн үлэһиттэрбитин сэргэ остуол оонньуутугар Саха сирин маастарын аатын ылбыт нэһилиэк киэн туттар спортсменнарын чиэстээтибит.

Ол курдук, 80 сааһын туолан аарыма кырдьаҕас аатын сүкпүт Егоров Н. И. "Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ" бэлиэни уонна 70 сааһын туолбут Калачиков Н.С. Чочу нэһилиэгин администрациятыттан Эҕэрдэ суругун, сыаналаах бэлэҕи туттулар.

Онтон биир дойдулаахтарбыт М.А.Николаева уонна И.Е. Николаев Бүлүү улууһун аатын Саха сирин остуол оонньууларын араас таһымнаах күрэхтэригэр элбэх төгүл чиэстээхтик көмүскээн успуорт Маастарын үрдүк аатын ылбыттарынан нэһилиэкпит дьаһалтатын аатыттан 15.000 суммалаах сертификатын уонна "Нэһилиэк киэн туттуута" диэн кубогы тутан, мустубут дьон истиҥ эҕэрдэтин истэн үөрдүлэр-көттүлэр.
Тэрээһиҥҥэ Н. М. Прокопьев уонна К. Н. Николаева фотоархивтарыттан элбэх интэриэһинэй хаартыскалар туһаныллан интэриэһи тартылар.Бэтэрээннэрбитигэр, спортсменнарбытыгар өссө төгүл махталы кытта, эҕэрдэни сэргэ, чөл-чэгиэн туругу, ситиһиилэри уонна дьолу-соргуну баҕарабыт!






















«Мин эргиллиэм, Ийээ»

Биһиги биир дойдулаахпыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Миирнэй куорат бочуоттаах олохтооҕо Василий Давыдович Иванов төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээн Чочу народнай театра( тур.режиссер С. В. Трофимова)туруорбут "Мин эргиллиэм, Ийээ!" диэн театрализованнай туруорууну сүрүн герой чугас дьонугар-төрөппүт кыыһыгар Мира Васильевнаҕа, сиэнигэр Жанна Ивановаҕа уонна аймахтарыгар анаан үрдүк таһымҥа оонньоон көрдөрдө.

Олус долгутуулаах, икки өттүттэн элбэх эйэҕэс тыллаах олус үчүгэй истиҥ тэрээһин, үтүө көрсүһүү буолан ааста. Театрбыт сыанатыгар бастакы састааптан бэйэтин талаанынан дьон-сэргэ махталын ылар артыыскабыт Галина Гоголеваны сэргэ эдэркээн оскуола оҕолоро кыттан туруорууну олус киэргэттилэр.

Олохтоох автор Ольга Винокурова-Саймаара Василий Давыдовичка анабыл хоһооно бу тэрээһиҥҥэ аан бастакыттан сүрүн тыыны биэрдэ. Бу туруоруу народнай театр бастыҥ испиэктээхтэрин иһигэр киирсэргэ сайаапкатын биэрдэ диэн олохтоохтор да, кэлбит ыалдьыттар да биир санаанан астыммыттарын биллэрдилэр. Театр артыыстарыгар барҕа махтал! Инники үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!

Ийээ,хайаан да эргиллиэм

Самаан сайын үгэнигэр
Сырдык,ыраас кэмигэр,
Эмискэ этиҥ эппитинии
Суоһар сурах тарҕаммыта.

Сир дойду үрдүнэн силлиэрэн
Сэрии буолбутун биллэрэн,
Дьон -аймах уолуйа айманан
Дьэбир кэмнэр буолбуттара.

Чочубут .сириттэн арахсан
Чулуу уолаттар хомуллан,
Ыраах соҕуруу аттанан
Уһун айаҥҥа турбуттара.

Баһылай баҕа өттүнэн
Испииһэккэ суруйтаран,
Сэриигэ барар буолбута
Баҕа санаата дьэ туолбута.

Ийэтэ куоракка киирэн
Хараҕын уутунан суунан,
Ииппит уолун атаарбыта
Күүскэ кууһан сыллаабыта.

Уол олус диэн долгуйан
Уостара ибирдии түспүтэ,
«Ийээ, хайаан да эргиллиэм,
Эрэнэ кэтэһээр»-,диэбитэ.

Ийэтэ сайыһа хаалбыта
Ботугураан алҕаабыта,
Аргыый үөһэ тыыммыта
Алгыс тылын анаабыта.

Бүлүү эбэ долгуйар урсунан
Борохуот иһигэр олорсон,
Баһылай санаарҕаан ылбыта
Сүрэҕэ нүөлүйэ тэппитэ.

Дьокуускай биэрэгэр тиксэн
Өлүөнэ үөһүнэн эрдинэн,
Салгыы соҕуруу дойдуга
Айаннарын туппуттара.

Байыаннай үөрэҕи ааһан
Бинтиэпкэ сааны тутан,
Сэрии суоһар толоонугар
Буойун буолан киирбитэ.

Хоодуот,хорсун санаатын
Хаһан да ыһыктыбакка,
Киһи кэннигэр саспакка
Кимиэллээхтик киирсибитэ.

Өлөр өлүү быатыттан
Хабыр- хапсыы суоһуттан,
Аанньала быыһаан ылбыта
Аартык суолун арыйбыта.

Хаста даҕаны бааһыран
Хаана тохтон туймааран,
Гуоспуталга эмтэммитэ
Салгыы фроҥҥа эргийбитэ.

Саха буойун саллаата
Берлиҥҥэ тиийбитэ,
Адьырҕа өстөөх арҕаҕын
Сууһарыыга кыттыбыта.

Сэттэ сыл устатын тухары
Өлүүнү-сүтүүнү аһаран,
Өр даҕаны күүтүү кэнниттэн
Сахатын сирин булбута
Этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ.

Борохуот аалынан айаннаан
Бүлүүтүн биэрэгин булбута
Тахсар күн сарыалын көрсүһэ
Ийэтин сылаастык кууспута.

Көрсүһүүттэн үөрэннэр
Иккиэн ытаһа турбуттара,
Сир үрдүгэр дьол баарын
Уоллаах ийэ билбиттэрэ.

Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах түөлбэлэр икки ардыларыгар остуол оонньууларын күрэҕэ

Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах түөлбэлэр икки ардыларыгар остуол оонньууларын күрэҕэр бастакы миэстэни «Кыадаҥда» , иккис миэстэни «Туойдаах», үһүс миэстэни «Саһарҕа» түөлбэлэр ыллылар.

Икки күнү быһа олус үчүгэй тэрээһиннэр буолан дьон көҕүн тартылар. Онон нэһилиэк олохтоохторугар көхтөөх кыттыыгыт иһин барҕа махталбытын кытта инники буолар тэрээһиннэргэ өссө күүскэ бэлэмнэнэн куруук кытта туруоххут диэн эрэлбитин биллэрэбит!

«Кыыс оҕо-омук анала»

Бүгүн «Күндэ» сынньалаҥ киинигэр «Кыыс оҕо-омук анала» диэн кыыс оҕолоох ийэлэр күрэхтэрэ буолан ааста.

Барыта үчүгэй баҕайытык таҥыллан ыытыллыбыт буолан күрэхпит олус истиҥник ааста. Сорох түөлбэлэртэн кыттааччы суоҕа күрэхтэһии тыҥааһынын сыппатта эрээри кыттааччыларбыт күрэххэ толору бэлэмнэрэ ону биллэрбэтэ .

Түмүккэ, бастакы миэстэни Кыадаҥдаттан Ангелия уонна Айыына Максимовалар, иккис миэстэни Дуняша уонна Серафима Егоровалар, үһүс миэстэни Сандаара уонна Анастасия Гаврильевалар ылан тэрийээччилэр туруорбут сыаналаах бириистэринэн, көрөөччүлэр көхтөөх ытыстарын тыаһынан бүгүҥҥү бэйэлэрин киэһэлэрин киэргэттилэр. Кыттааччыларбытын ис-сүрэхтэн барыларын эҕэрдэлиибит уонна махтанабыт!

Бүгүн Бүлүү куорат иһинэн ааһар федеральнай суолталаах суол оҥоһуута түмүктэммитин улуус олохтоохторо үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр.

Биһиги, чочулар, ол тэрээһиҥҥэ эмиэ кыттынныбыт.Саҥа суол көбүс-көнөтүк тыргыллан, икки өттүнэн сып-сырдык уотунан сырдатыллан кырдьаҕас Бүлүүбүтүн тупсаҕай көрүҥнээбитин дьон-сэргэ астына бэлиэтээтэ. Суол-сайдыыны аҕалар аартык буоларын ыйан туран улууспут суола-ииһэ тупсарын туһугар өссө да үп -харчы көрүллэ, үлэ-хамнас күөстүү оргуйа турдун диэн баҕа санаабытын этэбит.(Леонид Менкяров хаартыскаҕа түһэриитэ)

Үрүҥ Уолан СК-гэр «Күн Ийэ» диэн мастер-кылаастаах быыстапка буолан ааста.

Бүгүҥҥү быыстапка уонна маастар-кылаастар олус тахсыылаахтык аастылар. Сэргээн кэлбит ийэлэр, оскуола оҕолоро илиинэн оҥоһук кистэлэҥнэриттэн элбэҕи биллилэр, бэйэлэригэр элбэҕи иҥэриннилэр.

Маннык үтүөнү үксэтэр, билиини үллэстэр, сатабылгын атастаһар истиҥ көрсүһүүлэр өссө да салҕанан бара туралларыгар баҕа санааларын этиннилэр.

Маастардарбытыгар барҕа махталы кытта инники үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри, киэҥ кирбиилэри ис-сүрэхтэн баҕарабыт!